ЦНТ "Тумэн"

ЦНТ "Тумэн"

МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ «БАТАГАЙСКИЙ ЦЕНТР НАРОДНОГО ТВОРЧЕСТВА «ТУМЭН» ИМЕНИ СЕМЕНА ФЕДОРОВИЧА СИВЦЕВА» МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ «БАТАГАЙСКИЙ НАСЛЕГ» УСТЬ-АЛДАНСКОГО УЛУСА (РАЙОНА) РЕСПУБЛИКИ САХА (ЯКУТИЯ)

Архив за Ноябрь 2022

«Олоҥхо оҕо хараҕынан» Олоҥхо күнүгэр аналлаах оҥоһукка, уруһуйга күрэх.

Олоҥхо күнүн көрсө » ОЛОНХО ОҔО ХАРАҔЫНАН » күрэх ыытылынна.Икки бөлөххө уруһуйга уонна оҥоһукка барыта холбоон 12 оҕо кытынна.Күрэх түмүгүнэн детсад саастаах оҕолорго ❄️УРУЬУЙ күрэҕэр 1м.Айтал Г.2м.Айгылаана Б.3м.Майя С. ❄️ОҤОҺУК күрэҕэр 1м.Диана К.2м.Алгыстаана Б. 3м.Клим Т. ылары ситистилэр. Миэстэҕэ тиксибэтэх кыттааччыларга Туоһу суруктар, кыайыылаахтарга Грамоталар, сэмэй бэлэхтэр туттарылыннылар.?күрэх кыттааччыларыгар, төрөппүттэргэ МАХТАНАБЫТ.

Семинар 22.11.2022

Сэтинньи ый 22 күнүгэр улууспут киинигэр Бороҕоҥҥо, улуус культуратын бары үлэһиттэрин сэтинньитээҕи семинарыгар баран кыттыыны ылан кэллибит. Семинар биэс араас хайысханан, секцияларынан ыытылынна. “Түмэн” НАК уус-уран салайааччыта Белолюбскай А.П «Пушкинскай карта» үлэтин, тыа кулууптарыгар киириитин, хайдах үлэлээн олорорбут туһунан иһитиннэриини оҥордо. Семинар пленарнай чааһыгар Уус-Алдан улууһун (оройонун) аҕа баһылыга Федотов А.В. кыттыыны ылла. Культура управлениятын… (читать далее)

Хабылык күнэ 2022

Саха Республикатыгар сэтинньи 11 күнэ хабылык күнүнэн биллэриллибитэ. Быйыл бу бэлиэ күнү спортивнай кулууптарынан, тэрилтэлэринэн, быыбардыыр уокуруктарынан бэлиэтээтибит. Сылын ахсын тэрээһини көҕүлээччинэн, тэрийээччинэн  өбүгэ оонньууларын тарҕатааччы, Е. Ф. Габышев аатынан оҕо спортивнай оскуолатын Баатаҕайдааҕы филиалын тренер-преподавателэ Николаев Николай Адамович буолар. Оҕолор хабылыкка күрэхтэстилэр, кыайыылаах «14 регион» спортивнай кулууп (хапытаан Борис Петров) буолла. Тэрилтэлэр эстафетаҕа кытыннылар…. (читать далее)

Сэтинньи 5 күнүгэр «Түмэн» НАК нэһилиэкпит олохтоохторугар ыччат нэдиэлэтин чэрчитинэн аһаҕас мастерской форматтаах «Воркшоп» тэрээһин ыытылынна.

«СТЕЛЬКА ИЗ ТРИКОТАЖНОЙ ПРЯЖИ» —Сивцева Нюргуяна Семеновна; «ДЕКОРАТИВНАЯ ВЕШАЛКА ИЗ ДЕРЕВА» —Белолюбская Валерия Афанасьевна; Лекция «Куһаҕаннык саҥарар оҕоҕо оонньуу нөҥүө көмөлөһүү» —Ядрихинская Сардана Ивановна «Күнчээн» оҕо уһуйаанын иитээччитэ; Лекция «Оказание первой помощи»-Березкина Аграфена Павловна-Баатаҕайдааҕы ФП медсестрата; «ФОТОАЛЬБОМ ПО ТЕХНИКЕ СКРАПБУКИНГ»-Сивцева Вероника Петровна; «СОСТАВЛЕНИЕ КАРТЫ ЖЕЛАНИЙ»- Галактионова Мария Ильинична,кэлбит кыттааччыларга барыларыгарлекциялары, мастер кылаастары ыыттылар.Кыттааччылар бары саҥаны… (читать далее)

Комсомол күнэ 29.10.2022

Алтынньы 29 күнүгэр комсомол күнүн бэлиэтээтибит. «Комсомол мин олохпор» комсомолецтар выставкаларын дьон сэргэ сэргии көрдө. «Эн комсомол мин дьолум» төгүрүк остуолга С.С. Дмитриева, В.И. Троева, Н.В. Готовцева, А.Н. Березкина, М.С. Ушницкая, Е.И. Сивцева ахтыыларын, үүнэр көлүөнэҕэ алгыс тылларын тиэртилэр. Оччотооҕу комсомольскай тэрилтэ сэкэрэтээрэ С.С. Сивцева- Дмитриева «Сырдык аартык» ыччат түмсүүтүн чилиэттэригэр өйдөбүнньүк значоктары туттарда. Харда… (читать далее)