ЦНТ "Тумэн"

ЦНТ "Тумэн"

МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ «БАТАГАЙСКИЙ ЦЕНТР НАРОДНОГО ТВОРЧЕСТВА «ТУМЭН» ИМЕНИ СЕМЕНА ФЕДОРОВИЧА СИВЦЕВА» МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ «БАТАГАЙСКИЙ НАСЛЕГ» УСТЬ-АЛДАНСКОГО УЛУСА (РАЙОНА) РЕСПУБЛИКИ САХА (ЯКУТИЯ)

Олоҥхо декадатынан «Түмэн» НАК тэрийэн ыыппыт «Олоҥхо оҕо хараҕынан» уруһуй күрэҕэр барыта 13 оҕо үс бөлөххө арахсан кытыннылар.

Түмүккэ: Уһуйаан иитиллээччилэригэр:🥇Сидорова Вика🥈Березкин Дима🥉Готовцева Арина Кыра кылаас оҕолоругар:🥇Карпов Власий🥈Егоров Эрчим🥉Гоголева Камила Улахан кылаас оҕолоругар:🥇Карпова Андриана🥈Корнилова Диана🥉Сивцева Аэлитаылары ситистилэр. Кыайыылаахтарга грамоталар, сэмэй бэлэхтэр туттарылыннылар. Оҕолорго, салайааччыларга, төрөппүттэргэ кыттыыгыт, көмөҕүт иһин Махтанабыт.

Бүгүн о.э. 2024 сыл ахсынньы 2 күнүгэр С.Ф . Сивцев аатынан «Түмэн» НАК «Бүттүүн уруһуйдуубут» эстафета символын Найахы нэһилиэгин солбуйар баһылыга Фёдоров Е.В. Баатаҕай нэһилиэгин баһылыгар Белолюбскай М.М. туттарда.

Тэрээһин үөрүүлээх чааһыгар «Сандаар» ансаамбыл кэрэ аҥардара сылаас алаадьынан айах туттулар, алын сүһүөх кылаас оҕолоро үҥкүүлээн, «Күнчээн » уһуйаан оҕолоро ыллаан ыалдьыттары сэргэхситтилэр.«Сүрэх баҕатынан, илии дьоҕурунан» нэһилиэкпит талааннаахтарын быыстапкатын М.К. Федорова аатынан олохтоох библиотека зав. Пермякова А.П. билиһиннэрдэ. 🖌️Бырайыак чэрчитинэн «Түмэн» НАК, орто оскуола, уһуйаан иһинэн ыытыллыбыт уруһуй күрэхтэрин түмүктэринэн кыайыылаахтарга наҕараадалары туттулар. «Дойдум кэрэ… (читать далее)

Олоҥхо декадатынан, биир дойдулаахпыт саха театрын артыыһа, тойуксут, оһуохайдьыт Николай Тимофеевич Алексеев төрөөбүтэ 100 сылынан уһуйаан иитиллээччилэригэр экскурсия, бэсиэдэ ыытылынна.

Уус уран салайааччы Александр Петрович кулууп историятын, үлэтин билиһиннэрдэ. Салгыы Николай Тимофеевич кыыһа Мария Николаевна аҕатын туһунан элбэҕи кэпсээтэ, хаартысканан быыстапкатын оҕолор сэҥээрэ көрдүлэр. Үгэс буолбут Олоҥхо декадатынан экскурсияҕа кэлэн ыалдьыттыыр «Күнчээн» уһуйаан коллективыгар, иитиллээччилэригэр, ыалдьыппытыгар Мария Николаевнаҕа Махталбытын тиэрдэбит.

Сэтинньи 20 күнүгэр Бороҕоҥҥо «Олоҥхо дьиэтэ» этнокультурнай кииҥҥэ Олоҥхо уонна Хомус улуустааҕы декадатын үөрүүлээх аһыллыыта норуот айымньытын сэргээччилэри түмтэ. Быйылгы тэрээһин биир дойдулаахтарбыт – Курбуһахтан төрүттээх олоҥхону бөдөҥ чинчийээччи, филологическай наука кандидата Иннокентий Пухов төрөөбүтэ 120 сылыгар уонна Баатаҕайтан төрүттээх айдарыылаах ырыаһыт, Саха тыйаатырын драм артыыһа Николай Алексеев төрөөбүтэ 100 сылыгар ананна.

Үөрүүлээх аһыллыыны Курбуһахтан «Сандал» сынньалаҥ киинин иһинэн «Хоһоон хонуута» литературнай түмсүү кыттыылаахтара хомус, хоһоон доҕуһуоллаах киэргэттилэр. Мустубут дьону улуус культураҕа управлениетын начальнигын солбуйааччы Саина Стручкова эҕэрдэлээн туран, 2007 сыллаахха тэриллибит «Олоҥхо» ассоциацията олохтообут түөскэ кэтиллэр «Олоҥхону бастыҥ тарҕатааччы» ааты Өлтөх нэһилиэгин 90 саастаах олохтооҕор Иван Охлопковка-Туймалыырапка, итиэннэ «Олоҥхону бастыҥ уһуйааччы» ааты Бороҕон нэһилиэгиттэн Татьяна Габышеваҕа… (читать далее)

Үгэс буолбут «Байанай 2024» күрэх сэтинньи 16 күнүгэр ыытылынна. Хамаандалар барыта 5 түһүмэххэ илин-кэлин түһүстүлэр. Түмүккэ «Булчуттар» хамаанда 1м, «Сахалар» хамаанда 2 м, «Медведь» хамаанда 3м ылары ситистилэр. Бары кыттааччыларга, көрөөччүлэргэ махтанабыт, Байанайгыт өрүү үөрдэ турдуҥ 👏✊.

Байанай ыйынан ,муҥхалар саҕаламмыттарынан «Моторуйан, дьэ, СОБО!» хаартысканан күрэх ыытылынна. Барыта оҕолуун, улахан дьоннуун 14 кыттааччы кытынна.

Түмүккэ 5 анал номинацияҕа тигистилэрГотовцевтар дьиэ-кэргэнСаша БочкаревИннокентий ГотовцевАртем Белолюбскай Дмитрий Аманатов. Кыайыылаахтарга грамоталар, сэмэй бэлэхтэр туттарылыннылар.

Сэтинньи 15 күнүгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо оһуохайын күрэҕин «Оһуокайдаан ойуохха – эһиэкэйдээн тэйиэххэ!» I-кы улуустааҕы сүүмэрдиир түһүмэҕэр биһиги нэһилиэктэн С.Ф Сивцев аатынан «Түмэн» НАК иһинэн саҥа үлэлээн эрэр «Ситим» фольклорнай куруһуок оҕолоро Сивцева Аэлита, Попова Дарина, Белолюбская Алгыстаана, Готовцева Вика, Белолюбскай Александр Петрович салайааччылаах баран кыттыыны ыллылар.

Үгэс быһыытынан толоруллар саха төрүт үҥкүүтүн оһуохайы тарҕатар, саха талааннары арыйар, үүнэр көлүөнэ ыччакка оһуохайы билиһиннэрэр, — эһиэкэйдээн тэйиэххэ!» Я-кы улуустааҕы сүүмэрдиир түһүмэҕэ «Олоҥхо Дьиэтэ» этнокультурная кииҥҥэ, улуустааҕы үөрэх уонна культурный рынок управления көҕүлээһиннэринэн ыытылынна.Күрэххэ улууспут 8 новых оскуолаларыттан уонна «Кэнчээри» народный ансамбль, Бороҕоннооҕу искусство оскуолатыттан барыта 19 оҕо оһуохайдьыттар кытыннылар. Бастаки бөлөххө 7-12 сааһыгар… (читать далее)

Сэтинньи 7 күнүгэр кэрэ аҥардарга анаан нэһилиэкпит уран тарбахтаах иистэнньэҥэ ГАЛИНА УШНИЦКАЯ уол оҕо, эр киһи САХАЛЫЫ СОНУН (КАМЗОЛ) тигиитигэр сүбэлээн, ыйан-кэрдэн биэрэн маастар-кылаас ыытта.

Аҕыйах да буолларбыт сэргэхтик кэпсэтэн, туһалаах сүбэлэри ыламмыт астынныбыт. Галина Петровнаҕа махталбытын тиэрдэбит, доруобайаны, бары үтүөнү баҕарабыт.

Сэтинньи 4 күнүн- Сомоҕолоһуу күнүнэн, Улуу Өктөөп күнүгэр сэтинньи сэттистиир күүрээннээх күнүн көлүөнэлэр кэнсиэрдэринэн бэлиэтээтибит. Кэнсиэр кэннэ кэлэр 2025 сылга ППМИ программаҕа кыттар мунньахха нэһилиэк олохтоохторо көхтөөхтүк кытыннылар.

Сэтинньи 1 күнүгэр Баатаҕай нэһилиэгэр, улууспутугар бастакы норуодунай библиотека тэриллибитэ 100 сылынан, улуус киин библиотекатын директора Копырин ИД салайааччылаах библиотека үлэһиттэрэ ыалдьыттаатылар.

С. Ф. Сивцев аатынан «Түмэн» норуот айымньытын киинигэр «100 сыл кэрэни, сырдыгы саҕан» үөрүүлээх тэрээһин үгүс дьону түмтэ, кэнчээри ыччакка история кэрдиис кэмин сырдатта. Нэһилиэк олохтоохторо «Ааҕар балаҕантан саҕыллан куйаар ситимигэр» кинигэ быыстапкатын сэргии, сэҥээрэ иһиттилэр. Фойеҕа олохтоох библиотека историятын сырдатар хаартысканан, библиотека иһинэн үлэлиир «Эйгэ» түмсүү чилиэттэрин айар үлэлэрин, уус-уран оҥоһуктарын көрдөрөр быыстапка, оҕо… (читать далее)