ЦНТ "Тумэн"

ЦНТ "Тумэн"

МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ «БАТАГАЙСКИЙ ЦЕНТР НАРОДНОГО ТВОРЧЕСТВА «ТУМЭН» ИМЕНИ СЕМЕНА ФЕДОРОВИЧА СИВЦЕВА» МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ «БАТАГАЙСКИЙ НАСЛЕГ» УСТЬ-АЛДАНСКОГО УЛУСА (РАЙОНА) РЕСПУБЛИКИ САХА (ЯКУТИЯ)

Бүгүн о.э. муус устар 10 күнүгэр анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа, Баатаҕай нэһилиэгин биир бастыҥ ыччата, маршал Георгий Жуков аатынан мэтээллээх бэһис гаубичнай самоходнай артиллерийскай батарея хамандыыра, иккис гаубичнай самоходнай артиллерийскай дивизион 69647-с нүөмэрдээх байыаннай чаас гвардия младшай сержана ЭРХАН АРИАНОВИЧ САВВИН сырдык кэриэһигэр олорон ааспыт дьиэтигэр мемориальнай дуоска арыллыыта буолла.

Өйдөбүнньүк бэлиэ күҥҥэ Эрхан аҕата Ариан Николаевич Саввин, «Баатаҕай нэһилиэгэ» ТСТ дьаһалтатын баһылыга Михаил Михайлович Белолюбскай, «2-с Байаҕантай нэһилиэгэ» ТСТ дьаһалтатын баһылыга Андрей Васильевич Егоров, бастакы учуутала Марфа Николаевна Самсонова, эдьиийэ Марфа Николаевна Куприянова, чугас доҕоро Ян Готовцев, ыкса ыаллара Анна Петровна Бурнашева ахтан санаан аастылар.

Эрхан Саввин сырдык мөссүөнүгэр сүгүрүйэн сибэкки дьөрбөтүн ууран,

Добавить комментарий