Баатаҕай нэһилиэгэр уһун кэм устата баһылыктаан олорбут, убаастыыр киһибит Игнатий Петрович Готовцев туһунан «Баатаҕай баараҕай тиитэ» кинигэ сүрэхтэниитэ үрдүк таһымҥа буолан ааста.
Бу күн Игнатий Петрович чаҕылхай, ураты олоҕун бииргэ үлэлээбит коллегалара, чугас дьоно, доҕотторо ыраахтан чугастан кэлэн ыалдьыттаан ахтан санаан аастылар.
Кинигэ авторыгар Любовь Готовцеваҕа элбэх исиҥ эҕэрдэлэр, махтал тыллар этилиннилэр.
Ахтыы киэһэтин ырыанан – тойугунан эстрада артыыстара Бүөккэ Бөтүрүөп, Лэкиэс уонна Варя Максима киэргэттилэр.











