ЦНТ "Тумэн"

ЦНТ "Тумэн"

МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ «БАТАГАЙСКИЙ ЦЕНТР НАРОДНОГО ТВОРЧЕСТВА «ТУМЭН» ИМЕНИ СЕМЕНА ФЕДОРОВИЧА СИВЦЕВА» МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ «БАТАГАЙСКИЙ НАСЛЕГ» УСТЬ-АЛДАНСКОГО УЛУСА (РАЙОНА) РЕСПУБЛИКИ САХА (ЯКУТИЯ)

Баатаҕай нэһилиэгэр Саха Республикатын күнүн түмсүүлэээхтик бэлиэтээтибит.

Сарсыарда 10ч:00м радиорепортаж, радиоконцерт клуб таһыттан холбонон бырааһынньыктааҕы күнү саҕалаатыбыт.

Күнүс 14:00 чаастан нэһилиэк олохтоохторо, ыалдьыттара сахалыы сайбаччы таҥнан параадтаан хаамтылар. Өрөгөй ырыатын кэннэ, баһылык Белолюбскай М.М. эҕэрдэтин тиэртэ. Артем Белолюбскай хоһооно, Егор Гоголев, Таисия Аманатова, «Күнчээн» оҕо саадын иитиллээччилэрэ ырыанан эҕэрдэлээтилэр.

Ол кэннэ «Күн Дьөһөгөй оҕото»-Саха Республикатын, Уус-Алдан улууһун, Баатаҕай нэһилиэгин норуотун маастара Данилова Людмила Ивановна кылтан, сиэлтэн оҥоһуктарын 10 сыллаах сыралаах үлэтин быыстапката, Анастасия Васильева, Любовь Готовцева хаартыскаларынан быыстапканы киэргэттилэр. Салгыы округтарынан «ТҮМЭР ЭЙГЭ» күрэххэ 7 округ ох курдук оҥостон
1. Саха таҥаһын ахсааныгар
2. Дьиэҕэ бэриллибит сорудаҕы көмүскээһиҥҥэ күрэхтэстилэр.
Кыайыылааҕынан 6 округ, депутат Карпова В.И., 2 миэстэ 4 округ, депутат Пермякова А.П., 3 миэстэ 7 округ, депутат Готовцев А.Я. буоллулар.
Бырааһынньыктааҕы тэрээһин Августина Березкина, Марта Ушницкая, Таисия Аманатова, Александр Белолюбскай ОҺУОХАЙДАРЫНАН түмүктэннэ. Нэһилиэкпит олохтоохторугар, ыалдьыттарыгар, депутаттарга, Данилова Людмила Ивановнаҕа, МАХТАЛБЫТЫН ТИЭРДЭБИТ.

Добавить комментарий