II-c республикатааҕы «Танцует Мюрю» фестиваль-күрэскэ Баатаҕай нэһилиэгиттэн «Алгыс» үҥкүү бөлөҕө Горохова М.А. салайааччылаах баран кыттыыны ыллылар. Быйылгы күрэххэ Абыйтан, Мэҥэ Хаҥаластан, Дьокуускайтан, Намтан, Хаҥаластан, Уус Алдантан үс бөлөҕүнэн барыта 20 нүөмэр кытынна. Улуус хореографтарын ассоциациятын быыстапкатыгар 23 коллектив кыттыыны ылла, ол иһигэр Баатаҕай нэһилиэгиттэн «Олоҕу кэрэнэн киэргэтэн» Баатаҕай нэһилиэгэр үҥкүү сайдыытын историятын кэпсиир материаллар баран турдулар, Быыстапканы Н.Н. Тарскай аатынан Баатаҕай орто оскуолатын эбии үөрэхтээһин педагога, «Алгыс» үҥкүү бөлөҕүн салаайаччыта Мария Афанасьевна Горохова билиһиннэрдэ. Киэҥ ис хоһоонноох быыстапканы элбэх ыалдьыт сэҥэээрэн көрдүлэр, иһиттилэр
Күрэс түмүгүнэн «Алгыс» үҥкүү бөлөҕө III-c истиэпэннээх дипломант буолары ситистилэр. Күрэскэ баран кыттыыны ылбыт үҥкүүһүттэргэ, салайааччыларыгар эҕэрдэбитин тиэрдэбит. Бу курдук үҥкүү түһүлгэтин киэргэтэн, куруук үөрэ-көтө, чэгиэн сылдьын. Тус олоххутугар дьоллоох, ыраас халлааны, кытаанах доруобуйаны.
Күрэс тэрийээччилэригэр нэһилиэкпит дьаһалтатыгар махтанабыт.