ЦНТ "Тумэн"

ЦНТ "Тумэн"

МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ «БАТАГАЙСКИЙ ЦЕНТР НАРОДНОГО ТВОРЧЕСТВА «ТУМЭН» ИМЕНИ СЕМЕНА ФЕДОРОВИЧА СИВЦЕВА» МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ «БАТАГАЙСКИЙ НАСЛЕГ» УСТЬ-АЛДАНСКОГО УЛУСА (РАЙОНА) РЕСПУБЛИКИ САХА (ЯКУТИЯ)

«ЫРЫА МИН ДЬЫЛҔАМ» улуустааҕы ырыа күрэҕэр

Олунньу 17 күнүгэр, Бэрт-Ууһун нэһилиэгэр, СӨ култууратын туйгуна
АЛЕКСАНДР ПЕТРОВИЧ ИВАНОВ төрөөбүтэ 65 сылынан «ЫРЫА МИН ДЬЫЛҔАМ» улуустааҕы ырыа күрэҕэр, Баатаҕайтан С.Ф. Сивцев аатынан «Түмэн» НАК методиһа — Лугинова Л.С. салайааччылаах биэс кыттааччы баран кыттыыны ыллылар.
Конкурс үс бөлөҕүнэн, икки ырыаны толорууга сыаналанна. Бастакы ырыа баянынан, иккис ырыа көҥүл доҕуһуол. Дьүүллүр сүбэҕэ үлэлээтилэр СӨ чаҕылхай сулустара Николай Андросов, Семен Ченянов, Умсуура. Конкурс түмүгүнэн:
Алена Готовцева, Егор Гоголев ТУОҺУ СУРУК кыттыыларын иһин ыллылар.
МАРФА ГОТОВЦЕВА «КЭРЭ КУОЛАС», МАРТА УШНИЦКАЯ «БАСТЫҤ ЫРЫАНЫ АРЫЙААЧЧЫ» анал ааттары ыллылар. Александра Петрова Дипломант 2-с степенинэн наҕараадаланна.
Барыта 35 кыттааччы улуус иһиттэн уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһун Матта нэһилиэгиттэн ыллаан-туойан аастылар.
Күрэҕи тэрийээччилэргэ, нэһилиэкпит дьаһалтатыгар, клубпут директорыгар, баянист Станислав Луковцевка конкурсаннар ааттарыттан МАХТАНАБЫТ.

Добавить комментарий