Бүгүн о.э. ахсынньы ый 4 күнүгэр Дьокуускай куоракка Cаха Өрөспүүбүлүкэтигэр Олоҥхо декадатын чэрчитинэн V төгүлүн ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи “ТӨРҮТ СИТИМ”дьиэ кэргэнинэн олоҥхону олоҕурбут ньыманан толоруу күрэһэр Баатаҕай нэһилиэгиттэн Белолюбскайдар дьиэ-кэргэн баран кыттыыны ыллылар. Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан “Төрүт ситими ууһатар удьуор олоҥхоһуттар”
анал аат иҥэрилиннэ.
Эҕэрдэлээн туран баҕарабыт дьиэ кэргэҥҥитигэр иллээх-эйэлээх олоҕу, дьолу-соргуну, кытаанах доруобуйаны.
Күрэххэ кытталларыгар көмөлөспүт, бэлэмнэспит улуустааҕы культура управлениятыгар (нач. Нафанаилов С.С.), Троева В.И, Готовцева С.И., суоппар Сивцев В.С. махталбытын биллэрэбит.