Ахсынньы 1 күнүгэр Бороҕоҥҥо ОЛОҤХО этнокультурнай киин дьиэтигэр Педагогическай үлэ бэтэрээнэ, СӨ образцовай «Кэскил» хомусчуттар ансамбль төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ, «Ситим» хомусчуттар ансамбль төрүттээччитэ, Дүпсүн нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо МАРИЯ МИХАЙЛОВНА СОЛОВЬЕВА аатынан «ХОМУС СИТИМЭ»
1-кы илин эҥэр улуустарын хомусчуттарын күөн-күрэһэ буолла.
Бу күөн-күрэскэ кыттан Баатаҕай нэһилиэгиттэн Сандаара Колесова, сал. Румянцева К.И. II үрдэли ылары ситистилэр
Сандаараны, Ксения Иннокентьевнаны эҕэрдэлиибит уонна өссө да ситиһиилэр кэлэ турдунна, чөл доруобуйаны, дьоллоох олоҕу баҕарабыт.