Бу күн «Түмэн» НАК таһыттан бырааһынньыктааҕы репортаж ,сахалыы ырыа-тойук дуорайда.
Ону тэҥэ былааннаммытын курдук үс күн устата, норуот күүһэ- көмүөл күүһэ санаанан салайтаран «АЙЫЫ БАЛАҔАНА» субуотунньук ыытылынна. Субуотунньук ыытылларыгар, балаҕан үлэҕэ киирэригэр кылаатын киллэрсэ сылдьар биир дойдулаахпытыгар, депутат Троев А.Я., олохтоохтор ааттарыттан МАХТАЛ ✊. Балаҕан тас бүрүөһүнүн көтүрэн, эбии ититии үлэлэрэ ыытылыннылар, сабараанньа баҕаналарын бөҕөргөттүлэр.
Субуотунньукка кыттыбыт дьоммутугар Готовцев А.Я, Готовцев И.Н, Алексеева А.Н, Новгородов И.И, Кузьмин Р.Н балыыһа саҥа, эдэр специалистарыгар Барамыгин Д.П., Санникова М.В., баһылык Белолюбскай М.М, дьаһалта үлэһиттэрэ Готовцев В.А, Готовцев С.А, Тарская Д.Р, жкх үлэһиттэрэ начальник Гоголев А.Е, Гоголев И.Н, Егоров В,П., сылаас астаах эбиэккэ минньигэс, тотоойу бэрэскитинэн күндүлээбит Борисова Р.К., «Тумэн» НАК КОЛЛЕКТИВЫН ААТЫТТАН МАХТАНАБЫТ!