Муус устар 27 күнэ. Бу күн 1922 сыллаахха Саха АССР автономията төрүттэммитэ. Чулуу уолаттарбыт Былатыан Ойуунускай, Максим Аммосов, Исидор Барахов өркөн өйдөрүнэн, төлөннөөх сүрэхтэринэн, төрөөбүт дойдуларыгар муҥура суох тапталларынан туруулаһан, күөннэринэн көмүскээн олохтообуттара.
Кинилэр кэрэ мөссүөннэрин, булгуруйбат модун санааларын, гражданскай хорсун быһыыларын саха норуота умнубат, бүгүҥҥү » үс саха төрүөҕэр үөрүүлээх күнүгэр» автономияны турууласпыт чулуу дьоммут сырдык кэриэстэригэр сүгүрүйэбит, уруй — айхал этэбит!