Чаҕылхай күннээх, сылааһынан сыламныыр, итиитинэн илгийэр үтүө күн үүммүтүнэн, Ньукуолун күнүнэн, самаан сайын барахсан салаллан кэлбитинэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлээн Белолюбскай А.П. инициативатынан “Биэттэ булчуттара” биригээдэлэрин ааттарыттан элбэх оҕолоох соҕотох ийэлэргэ, аҕам саастаахтарга, бултаабат дьоҥҥо, уопсайа 25 ыалга кус түҥэтэн бэлэх ууннулар, уонна бу күн “Алгыс” аҕам саастаахтар түмсүүлэрэ “Ньукуолун” күнүн бэлиэтиир тэрээһиннэригэр минньигэс, итии кус миинин астаан, буһаран күндүлээтилэр.
Үүнэр күҥҥүт үөрүүлээх, кэлэр кэмҥит кэскиллээх,
саҥа күҥҥүт саргылаах,
олорор олоххут уйгулаах буоллун, этэҥҥэ сылдьыҥ, чэгиэн буолуҥ.