ЦНТ "Тумэн"

ЦНТ "Тумэн"

МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ «БАТАГАЙСКИЙ ЦЕНТР НАРОДНОГО ТВОРЧЕСТВА «ТУМЭН» ИМЕНИ СЕМЕНА ФЕДОРОВИЧА СИВЦЕВА» МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ «БАТАГАЙСКИЙ НАСЛЕГ» УСТЬ-АЛДАНСКОГО УЛУСА (РАЙОНА) РЕСПУБЛИКИ САХА (ЯКУТИЯ)

?« Саха тыла- мин ийэ тылым»?Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр аналлаах викторина эппиэттэрэ

  1. Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнэ хас сыллаахтан бэлиэтэнэр буолбутай? 1996с
    2.Тыл туһунан өс хоһооннору салҕаа
    -ох тыл…УОТУНАН САЛЫЫР
    -уус тыл…УУ КҮҮҺЭ КҮҮСТЭЭХ
    -киһи тыла…УОТТААҔАР АБЫТАЙ
    3.Норуот тылынан уус-уран айымньытын үрдүкү чыпчаала? ОЛОҤХО
    4.Төрөөбүт төрүт тыл
    Сөрүүн сүөгэй курдук
    Сүрэҕи быары сөрүүргэтэр,
    Убаҕас отон
    Уутун курдук
    Улахан куйааска
    Утаҕы аһарар…Хоһоон аата,суруйааччы аата. ТӨРӨӨБҮТ ТЫЛ. КҮНДЭ
    5.Сахалыы саҥарабын,
    Сахалыы саҥарабын,
    Хомурах хаар тылынан,
    Хатан дьыбар тылынан,
    Хаҥыл буурҕа тылынан
    Ол аата саҥарабын…Хоһоон аата, суруйааччы аата. САХАЛЫЫ САҤАРАБЫН. ИВАН ГОГОЛЕВ
  2. Байдам .Тылы быһаар.ӨЛГӨМ,ДЭЛЭЙБИЭРИИЛЭЭХ,КЭЧЧЭГЭЙЭ СУОХ
  3. Матаҕа. Тылы быһаар.УГАРГА,КУТАРГА АНАЛЛААХ СҮӨҺҮ ЭБЭТЭР БАЛЫК ТИРИИТЭ КЫРА ХАА
    8.Үгэх. Тылы быһаар.БАЛАҔАН ДЬИЭҔЭ ОҺОХ КЭННИНЭН ҮҮТҮ АҺЫ-ҮӨЛҮ УУРАР СӨРҮҮН КЫРАКЫЙ ХОС
    9.Тыл баайа туох диэн ааттанарый ЛЕКСИКА
  4. Сахалартан бастакы ученай степенин көмүскээбит тыл үөрэхтээҕэ кимий? П.А.ОЙУУНУСКАЙ
    ✅өс хоһооннору салҕаа уонна тылы быһаар ТҮҺҮМЭХТЭР араастара, суолталара элбэҕинэн КЫТТААЧЧЫЛАРГА БАРЫЛАРЫГАР 1️⃣дии баал?
    ?Саамай түргэн, сөп эппиэттэри ыыппыттар 1️⃣м Надежда Б.
    2️⃣м Сааскылаана П.
    3️⃣м Наталья Г.
    ⚜️КЫАЙЫЫЛААХТАРГА ЭҔЭРДЭ, КЫТТЫБЫТТАРГА МАХТАЛ???

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

Можно использовать следующие HTML-теги и атрибуты:
<a href="" title=""> <abbr title=""> <acronym title=""> <b> <blockquote cite=""> <cite> <code> <del datetime=""> <em> <i> <q cite=""> <s> <strike> <strong>