ЦНТ "Тумэн"

ЦНТ "Тумэн"

МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ «БАТАГАЙСКИЙ ЦЕНТР НАРОДНОГО ТВОРЧЕСТВА «ТУМЭН» ИМЕНИ СЕМЕНА ФЕДОРОВИЧА СИВЦЕВА» МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ «БАТАГАЙСКИЙ НАСЛЕГ» УСТЬ-АЛДАНСКОГО УЛУСА (РАЙОНА) РЕСПУБЛИКИ САХА (ЯКУТИЯ)

Сонуннар, сентябрь

«ТҮМЭН» НАК балаҕан ыйдааҕы сонуннара.
2021-2022 сс үлэ сезона балаҕан ыйын 3 күнүттэн саҕаланна.
САҤА УУС-УРАН САЛАЙААЧЧЫНАН Белолюбскай Александр Петрович ананан, үлэтин тэтимнээхтик саҕалаата. Директордар, специалистар балаҕан ыйдааҕы семинардарыгар сылдьан, коллегаларын кытта билсэн, санаа атастаһан элбэх сонуннаах баран кэллэ.
Коллектив тех.үлэһиттэрэ Елизавета Петровна, Лена Петровна күһүҥҥү ичигэс күннэри баттаһа тэрилтэ олбуорун кырааскалаан сэргэхситтилэр. Халдьаайыга, Ыһыахтыыр сиргэ, Бэстэргэ субуотунньуктаан, бөҕү хомуйдубут. Дойду үрдүнэн ыытыллыбыт быыбарга 100% кыттан, бэйэбит куоласпытын биэрдибит. Халдьаайы сиригэр Стелла арыллыыта, көмүс күһүн бырааһынньыга ыытылыннылар. Фондаҕа матырыйаал хомуйуутугар, видеоҕа түһэриигэ үлэлэр ыытылыннылар. Сааһырбыттар декадаларын көрсө «Алгыс» түмсүү салайааччытыгар Анна Петровна Бурнашеваҕа «Өбүгэ өйдөбүлэ» музей балаҕаныгар ыалдьыттааммыт, арыылаах алаадьынан, уохтаах кымыһынан, аал уоту аһатан, арчыланан мантан кыһын өссө айымньылаахтык үлэлииргэ күүс-уох ылан үөрдүбүт- көттүбүт.

  • "ТҮМЭН" НАК балаҕан ыйдааҕы сонуннара. 2021-2022 сс үлэ сезона балаҕан ыйын 3 күнүттэн саҕаланна. САҤА УУС-УРАН САЛАЙААЧЧЫНАН Белолюбскай Александр Петрович ананан, үлэтин тэтимнээхтик саҕалаата. Директордар, специалистар балаҕан ыйдааҕы семинардарыгар сылдьан, коллегаларын кытта билсэн, санаа атастаһан элбэх сонуннаах баран кэллэ. Коллектив тех.үлэһиттэрэ Елизавета Петровна, Лена Петровна күһүҥҥү ичигэс күннэри баттаһа тэрилтэ олбуорун кырааскалаан сэргэхситтилэр. Халдьаайыга, Ыһыахтыыр сиргэ, Бэстэргэ субуотунньуктаан, бөҕү хомуйдубут. Дойду үрдүнэн ыытыллыбыт быыбарга 100% кыттан, бэйэбит куоласпытын биэрдибит. Халдьаайы сиригэр Стелла арыллыыта, көмүс күһүн бырааһынньыга ыытылыннылар. Фондаҕа матырыйаал хомуйуутугар, видеоҕа түһэриигэ үлэлэр ыытылыннылар. Сааһырбыттар декадаларын көрсө "Алгыс" түмсүү салайааччытыгар Анна Петровна Бурнашеваҕа "Өбүгэ өйдөбүлэ" музей балаҕаныгар ыалдьыттааммыт, арыылаах алаадьынан, уохтаах кымыһынан, аал уоту аһатан, арчыланан мантан кыһын өссө айымньылаахтык үлэлииргэ күүс-уох ылан үөрдүбүт- көттүбүт.

Добавить комментарий