Саргылаах Саҥа 2021 сылы көрсө нэһилиэкпит иһинэн араас күрэхтэр ыытылыннылар.
Күрэххэ барыта 40-тан тахса улахан киһи, ону таһынан үс тэрилтэ, биир түмсүү кыттыыны ыллылар.
“САРГЫЛАННЫН САҤА ДЬЫЛ” дьиэ-таһын (тиэргэни) киэргэтии күрэххэ түөлбэ олохтоохторо көхтөөхтүк кытыннылар.
“Сарыал” түөлбэ
I – Мария, Александра Алексеевалар;
II – Алексей, Анна Бурнашевтар;
III – Николай, Людмила Николаевтар;
“Аргыс” түөлбэ
I – Александр, Раиса Жирковтар;
II – Варвара Уваровская;
“Дабаан” түөлбэ
I – Николай, Саргылана Алексеевтар;
Туоһу суругунан уонна биһирэбил бирииһинэн наҕаарадаланнылар Диана Карпова, Василий, Күннэй Егоровтар, Александр, Елена Ушницкайдар;
“МАСКАРАД, МАСКАРАД…” маскарад күрэҕин кыайыылаахтарынан буоллулар:
I – Мария, Александра Алексеевалар;
II – Алексей, Анна Бурнашевтар;
III – Амелия, Мия, София Сивцевалар;
“КЭРЭТИЭН КИЭРГЭММИТ ХАРЫЙА” тэрилтэлэр икки ардыларыгар харыйа оҥоруу күрэҕэр кыайыылаахтарын буоллулар:
I – Н.Н. Тарскай аатынан Баатаҕай орто оскуолатын коллектива;
II – ИП “В.Е. Петров” пекарня коллектива;
III – Олохтоох дьаһалта коллектива;
“СЫЛ БЭЛИЭТЭ-ОҔУС” түмсүүлэр икки ардыларыгар оҥоһук күрэҕэр кыайыылааҕынан буолла:
I – “Сардаҥа” түмсүү;
“МУУС КЫРААЙ – САХАМ СИРЭ” муус оҥоһук күрэҕин кыайыылаахтара:
I – Василий, Күннэй Егоровтар;
II – Николай Копырин;
III – Александра Петрова, Аина Аманатова;
Күрэх түмүгүнэн кыайыылаахтарга грамоталар, “Сайдам”, “Мебельный”, “Престиж” маҕаһыыннартан сертификаттар туттарылыннылар. Бары кыттыбыт нэһилиэкпит олохтоохторугар махталбытын тиэрдэбит, өссө да кыттын, биһигини кытта бииргэ буолуҥ диэн ыҥырабыт.