ЦНТ "Тумэн"

ЦНТ "Тумэн"

МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ «БАТАГАЙСКИЙ ЦЕНТР НАРОДНОГО ТВОРЧЕСТВА «ТУМЭН» ИМЕНИ СЕМЕНА ФЕДОРОВИЧА СИВЦЕВА» МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ «БАТАГАЙСКИЙ НАСЛЕГ» УСТЬ-АЛДАНСКОГО УЛУСА (РАЙОНА) РЕСПУБЛИКИ САХА (ЯКУТИЯ)

10.03. 2020 с. Сергей Зверев — Кыыл Уола 120 сылыгар аналлаах Ытык Бэлиэ – Уус Алдан улууһун Баатаҕай нэһилиэгэр.

ССРС суруйааччыларын Союһун чилиэнэ, Саха АССР искусстволарын үтүөлээх деятеля, Үлэ Кыһыл Знамя уордьанын икки төгүллээх Кавалера, Сунтаар улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, норуот ырыаһыта Сергей Афанасьевич Зверев – Кыыл Уола төрөөбүтэ 120 сылыгар анаан Удьурхай тэллэхтээх, сиэдэрэй ситиилээх, Аар Баҕах сэргэлээх, Кыһыл көмүс солотуулаах Кыыл Уола бюстаах Ытык Бэлиэ эстафетатын Эҥсиллэр Эҥсиэли улууһун илин биэрэгэр Элиэнэ өрүс нөҥүө өттүгэр үрдүк кэрэ мырааннаах, мырааннарын анныгар ыраас дьэҥкир уулаах, сайынын сөтүөлүүр, кыһынын муҥхалыыр күөллэрдээх, көмүс хатырыктаах эмис соботунан, кэрэ айылҕатынан, сыспай сиэллээҕинэн дэлэйбит, эйэҕэс майгылаах ырыаһыт-хоһоонньут төбүрүөннээн олорор дьоннордооҕунан, сайаҕас санаалаах хоһуун-үҥкүүһүт ыччаттардааҕынан аар – саарга аатырбыт 2-с Хомустаах нэһилиэгин баһылыга Новгородов Л.Н. кулун тутар ый 10 күнүгэр үс үллэр үөстээх, өрүкүйэр долгуннаах Өлүөнэ өрүс, арылыйар сүүрүктээх Алдан өрүс кытылларын холбуур, былыр-былыргаттан урааҥхай саха уутуйан олохсуйбут, улуу Хороттон төрүттээх улуу нуучча норуотун кытта эйэлээх бииргэ олорууну түстэспит Лөгөй Тойон, инникини өтө көрбүт бөлүһүөк, саха саарына Сэһэн Ардьакыап, бэйэни бэйэ салайыныытыгар сокуону олук уурсубут, Саха сирин кулубаларын Думатын родоначальнига Иван Емельянович Мигалкин, революция иннинээҕи саха интеллигенциятын биир тумус туттар киһитэ Василий Васильевич Никифоров – Күлүмнүүр, кус быһый, ат бөҕө Майаҕатта Бэрт Хара, Мас Мэхээлэ сиэннэрэ, Аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэрии кыайыытын уһансыбыт, дьулуурдаах үлэлэринэн эйэлээх олоҕу тутуспут чулуу, удьуор геройдартан төрүттээх, олоҥхо биһигэ Уус Алдан улууһун Баатаҕай нэһилиэгин делегацията баһылык Белолюбскай М.М. салайааччылаах Нам 2-с Хомустаах уонна Уус Алдан Баатаҕай нэһилиэгин границатыгар айах тутан көрүстүбүт.

Кулун тутар 11 күнүгэр Ытык Бэлиэ Уус Алдан улууһугар Баатаҕай нэһилиэгэр бастаан кэлбитинэн, олохтоох бэйэни салайыныы дьаһалтатын баһылыга Михаил Михайлович Белолюбскай нэһилиэгин олохтоохторугар, оҕолорго Ытык бэлиэ айанын, Кыыл Уола айар үлэтин, үүнэр көлүөнэҕэ билиһиннэрдэ. С.А.Зверев 100 сыллаах үбүлүөйнэй өйдөбүнньүк бэлиэтин хаһаайката, Баатаҕай нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Троева Вера Иннокентьевна, биир дойдулааҕа Сунтаартан төрүттээх, Баатаҕай кийиитэ, Баатаҕай нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Готовцева Светлана Дмитриевна дириҥ ис хоһооннох ахтыыны оҥордулар.
Бу күн Баатаҕайдааҕы “Түмэн” Этнокультурнай киин дьиэтигэр нэһилиэкпит олохтоохторо, түмсүүлэрэ “Алгыс” аҕа көлүөнэ сал. Бурнашева А.П., “Алааас Хотун” дьахталлар түмсүүлэрэ сал. Сивцева В.Д., “Сардаҥа” инбэлииттэр түмсүүлэрэ сал. Гоголева Е.Д., ыччаттар муһуннулар.“Уолан” хоһоонньуттар бөлөхтөрө ”сал. Сивцева В.И. 1943 с. суруллубут “Сэриигэ барааччы ырыата” хоһоонун ааҕан, “Күнчээн” оҕо уһуйаанын итиллээччилэрэ сал. Готовцева С.И. тойуктаан эҕэрдэлээтилэр. Бары кэлбит олохтоохтор С.А. Зверев –Кыыл Уолун айымньыларын выставкатын билистилэр, “Оһуорун” үҥкүүтүгэр олоҕуран 9 Мэҥэ хамсаныыны уонна оһуокай түһүлгэтигэр көхтөөх кыттыыны ыллылар.
Сергей Афанасьев Зверев – Кыыл Уола баай ис хоһоонноох олоҕун, саха омук төрүт култууратын, үтүө үгэстэрин өлбөт-сүппэт үйэлээн, айан хаалларбыт ураты нэһилиэстибэтин үүнэр көлүөнэ үөрэтэ, чинчийэ, тарҕата туруо диэн бигэ эрэллээхпит.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

Можно использовать следующие HTML-теги и атрибуты:
<a href="" title=""> <abbr title=""> <acronym title=""> <b> <blockquote cite=""> <cite> <code> <del datetime=""> <em> <i> <q cite=""> <s> <strike> <strong>