ЦНТ "Тумэн"

ЦНТ "Тумэн"

МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ «БАТАГАЙСКИЙ ЦЕНТР НАРОДНОГО ТВОРЧЕСТВА «ТУМЭН» ИМЕНИ СЕМЕНА ФЕДОРОВИЧА СИВЦЕВА» МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ «БАТАГАЙСКИЙ НАСЛЕГ» УСТЬ-АЛДАНСКОГО УЛУСА (РАЙОНА) РЕСПУБЛИКИ САХА (ЯКУТИЯ)

09.05.2019с. Кыайыы 74 сылыгар аналлаах 9 майдааҕы парад

«Күн анныгар чэмэлийдин күннээх халлаан өрүүтүн» Кыайыы 74 сылыгар аналлаах бырааһынньык Улуу Кыайыыны уруйдуур парадынан саҕаланна. Кыайыы болуоссатыгар эҕэрдэ тыллар, ахтыылар этилиннилэр. нэһилиэк дьаһалтата, тэрилтэлэр тыыл бэтэрээннэригэр уонна сэрии кэмин оҕолоругар бэлэхтэрин туттардылар. Торжественнай чаас биир үөрүүлээх түгэнинэн буолла бу сыл бигэргэммит сэрии кэмин оҕолоругар удастабырыанньа туттарыллыыта буолар. Биһиги нэһилиэккэ 15 сэрии кэмин оҕолоро олороллор. Кырдьаҕастарбытын оҕо уһуйаанын иитиллээччилэрэ уонна оскуола оҕолоро монтаж ааҕан, ырыа ыллаан эҕэрдэлээтилэр. «Күүтүүлээх кыайыыны уһансан» хоһоону күргүөмүнэн ааҕан көҥүл, эйэлээх олох иһин олохторун толук уурбут хорсун буойуттарбытын ахтан-санаан аастыбыт. Бу кэнниттэн тэрилтэлэринэн эстафета, оскуола оҕолоругар кросс буолла.

 

Добавить комментарий