ЦНТ "Тумэн"

ЦНТ "Тумэн"

МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ «БАТАГАЙСКИЙ ЦЕНТР НАРОДНОГО ТВОРЧЕСТВА «ТУМЭН» ИМЕНИ СЕМЕНА ФЕДОРОВИЧА СИВЦЕВА» МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ «БАТАГАЙСКИЙ НАСЛЕГ» УСТЬ-АЛДАНСКОГО УЛУСА (РАЙОНА) РЕСПУБЛИКИ САХА (ЯКУТИЯ)

08.03.2019с. «Аан Дойду дьахталларын күнэ»

Кулун тутар 8 күнүгэр «Түмэн» СК Аан дойду дьахталларын күнүн көрсө Баатаҕай нэһилиэгин эр дьоно кэрэ аҥардары эҕэрдэлиир дьоро киэһэ ыыттылар. Кэнсиэр нэһилиэк баһылыга, «Дуолан» аҕалар түмсүүлэрин салайааччыта М.М. Белолюбскай эҕэрдэтинэн саҕаланна. Араас көрдөөх оонньуулар, ырыа-тойук ыытылынна. Сыл саҕаланыаҕыттан үрдүк ситиһиилээх кэрэ аҥардары чиэстээһин, эҕэрдэлээһин сиэрэ-туома ыытылынна. Ол курдук, Людмила Ивановна Данилова «Мастер народных промыслов РС(Я)» знак ылбытын, Аманатова Ольга бистэлиэтинэн ытыыга Россия призёра буолбутун нэһилиэк дьаһалтата, аймахтара, доҕотторо истиҥ тылларынан эҕэрдэлээтилэр. «Алгыс» аҕа көлүөнэ сал. Бурнашева А.П. үбүлүөйдээх саастарын туолбут ветераннарын эҕэрдэлээтэ, бэлэх туттарда. Кэрэ аҥардар туора турбакка оҥорбут үлэлэринэн быыстапка туруоран, маастар кылаас ыытан биэчэри киэргэттилэр. Быйыл Олоҥхо ыһыаҕа буоларынан биллэриллибит «Олбох» акциябыт бастакы саҕалааччылара тикпит үлэлэрин «Далбар» дьахталлар түмсүүлэрин сал. Готовцева Л.Р. туттардылар. Кэлбит бары кэрэ аҥардарга аҕа түмсүүтэ сибэкки дьөрбөтө туттарда. Маны таһынан сааскы маҥнайгы бырааһынньыгынан «Түмэн» СК коллективын шефтээх ЖКХ коллектива, орто оскуола 2 кылааһын коллектива эҕэрдэлээтилэр, бэлэх ууннулар. Эдэр уус аҕалар Копырин Н.Н., Егоров В.П. кэрэ көстүүлээх оҥоһуктарын бэлэхтээтилэр, сыананы киэргиттилэр. Кэнсиэри иилээн-саҕалаан ыыттылар Леонид Готовцев уонна Артем Копырин. Нэһилиэк эр бэрдэригэр бу күн махтал тыллар уҕараабатылар.

Добавить комментарий